«Доллу дьоно кэрэни уһансаллар» СӨ култууратын туйгуна Анна Степановна Кычкина Күөллэрики, Доллу нэһилиэгин култууратын сырдатар кинигэтэ сүрэхтэннэ.
Өр сыл Доллу нэһилиэгэр бибилэтиэкэринэн үлэлээбит, СӨ култууратын туйгуна, Доллу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, бастыҥ уопсастыбанньык, Үлэ, сыана, култуура бэтэрээнэ Анна Степановна Кычкина — *Доллу дьоно кэрэни уһансаллар* диэн күүтүүлээх кэтэһиилээх кинигэтэ сүрэхтэннэ. Анна Степановна бибилэтиэкэҕэ үлэлиир кэмнэригэр сонуну, сырдыгы эрэ тарҕатааччынан буолбакка, сэрии, үлэ бэтэрээннэриттэн ахтыыларын хомуйан, олус улахан үлэни оҥорбута, ону тэҥэ култуура эйгэтин …