Бүгүн сэтинньи 25 күнүгэр А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Сахабыт Сиригэр Олоҥхо күнүн бэлиэтиир дьоро киэһэҕэ устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах олоҥхону толорооччулар, үөрэтээччилэр, чинчийээччилэр, олоҥхо эйгэтигэр айымньылаахтык үлэлиир биир санаалаахтар түмсэн Олоҥхо күнүн бэлиэтээтилэр. Дьоро киэһэҕэ Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин 1 солбуйааччыта, Олоҥхо иккис уон сылын тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Николаевич Жирков бар дьонун эҕэрдэлээтэ уонна сыл бастыҥнарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтэ. «Сыл бастыҥ олоҥхоһута» анал бэлиэни Гавриил Гаврильевич Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтин норуот уус уран айымньыларыгар уһуйааччыта Аксиния Степанова ааттанна. Саха Республикатын Правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Васильевич Местников үүнэр көлүөнэ ыччакка олоҥхону үйэтитэн хаалларар биһиги ытык иэспит, олоҥхону толорор оҕолор салҕыы сайдалларыгар эйгэни олохтуохтаахпыт диэн туран бастыҥ олоҥхону толорор оҕолору бэлиэтээтэ, ол курдук Аллараа Бэстээх 2 нүөмэрдээх орто оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ Күннэй Дмитриева «Бастыҥ олоҥхону толорооччу» бэлиэни ылла, сал: Аксиния Степанова. Саха Республикатын культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министрэ Афанасий Иванович Ноев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлээн туран Сахабыт Сиригэр Оҕо уонна оҕо театральнай искусство сылыгар анаммыт «Ноо!» олоҥхону дьүһүйүүгэ республикатааҕы күрэх түмүгүнэн бастыҥнары бэлиэтээтэ. «Режиссер кылаан чыпчаал үлэтэ» үрдүк ааты Майатааҕы Д.Ф. Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин режиссера Данил Осипов ылан үөрүүбүт үксээтэ. Бүгүҥҥү дьоро киэһэҕэ үрдүк сыанаҕа, Олоҥхо дьоро түһүлгэтигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтэммит бастыҥ ааттаммыт дьоммутугар биир дойдулаахтаргыт ааттарыттан итии-истиҥ эҕэрдэ буоллун!
📝Айта Васильева Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтин уус-уран салайааччыта