
Алтынньы ый 10 күнүгэр Доллу нэһилиэгин аҕа саастаах дьоммутугар анаан ,,Сылаас сыһыан,, истиҥ иһирэх үтүө тэрээһин ыытылынна. Бу үтүө күн булчут ыччаттарбыт үтүө үгэс оҥостон күндү дьоммутугар бырааһынньыктааҕы сандалыга Кус миининэн күндүлээтилэр.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ ,,Доллу нэһилиэгэ,, ТСТ баһылыга Сивцев Н.П. эҕэрдэ тылы этэн, өр сыл нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар өр сыл кылааттарын киллэрсибит бэтэрээннэрбитигэр эҕэрдэ сурук уонна бэлэх туттарда.

,,Алгыс,, кырдьаҕастар түмсүүлэрин салайааччыта, Мэҥэ- Хаҥалас улууһун уонна Доллу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Дмитриевич Слепцов тыыл- үлэ бэтэрээннэригэр уонна сэрии сылын оҕолоругар истиҥ иһирэх алгыс тылы этэн сэмэй бэлэхтэрин туттарда.



Нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара үбүлүөйдээх — бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр.

бу үөрүүлээх күҥҥэ музыкальнай эҕэрдэлэринэн оскуолабыт үөрэнээччилэрэ, эдэр ыччаттарбыт, олохтоох ырыаһыттар киэргэттилэр.



Бу күн аҕа саастаах дьоммут сылаас астаах сандалы тула олорон оонньоон- көрүлээн, ыллаан- туойан, ирэ- хоро кэпсэтэн сынньанан бардылар.
Бука бары бэтэрээннэрбитигэр баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу!