Доллу нэһилиэгэр Арассыыйаҕа Дьиэ-кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах Аан дойдутааҕы Түмэл күнүн көрсө ыам ыйын 18 күнүгэр СӨ үтүөлээх артыыһа С.Н.Сивцев- Доллу аатынан норуот айымньытын дьиэтин түмэлигэр «Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ — дьиэ кэргэн реликвията» тэрээһин ыытыллына.
Бу күн «Түмэлгэ бэлэх» акцияҕа кыттыһан , ааспыт кэмнэртэн хаалбыт, өбүгэлэрбит араас малларын, бырахпакка, устуоруйа кэрэһитэ буолар маллары бэлэх ууннулар. Үтүө тэрээһиҥҥэ кыттыбыт биир дойдулаахтарбытыгар туоһу суруктары, түөскэ кэтиллэр значок туттарыллына
Бу тэрээһиҥҥэ Социалистическай үлэ геройа Т.Г.Десяткин аатынан орто оскуола үөрэнээччилэригэр, нэһилиэкпит олохтоохторугар Төҥүлүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ И.Н.Тарабукин бэйэтэ суруйбут «Төҥүлү түмэлэ» кинигэни сырдатта, түмэлгэ бэлэх уунна. Төҥүлү нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Төҥүлү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо А.А.Стручков нэһилиэк устуоруйатын туһунан олус үчүгэй иһитэннэриини оҥордо. Д.И.Катакинова, А.И.Корякина аймахтарын туһунан ахтыы оҥордуллар уонна түмэлгэ бэлэх туттардылар.