Архивы за месяц Апрель, 2024

СӨ «Ытык cүбэтин» салайааччы Григорьева Л.Н. кытта көрсүһүү

Кулун тутар 22 күнүгэр СӨ «Ытык cүбэтин» салайааччыта Люлия Николаевна Григорьева «Тумул» ТХПК үлэтин билсэн, нэһилиэк тэрилтэлэригэр сылдьан, Төҥүлү нэһилиэгэр «Сайдыс» кииннэ сүбэ мунньах, көрсүһүү буолла. СӨ үтүөлээх артыыһа Сивцев С.Н. — Доллу норуот айымньытын дьиэтин, түмэлин көрөн, сэргээн ааста.

Бильярд күрэҕэ

Олунньу 23 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах Доллу нэһилиэгэр аан бастакытын бильярд күрэҕэ тэриллэн ыытыллына. Күрэхтэһии хамаанданан, олус тыҥааһынаахтык, сэргэхтик ааста. Кыттыбыт хамаандалар үөрэн көтөн тарҕастылар.

«Собо» түмэлэ

Нам улууһун Түбэ нэһилиэгиттэн «Собо» түмэлэ кэлэн ыалдьыттаата. Олус элбэх интэриэһинэй экспонаттары туруоран, кэпсээн, сибиэһэй собо миинин иһэрдэн, дьон сэргэ биһирибэлин ыллылар

ЭКИС 2024

«В.К.Степанов аатытан култуура уонна успуорт эстэпиэтэтэ» 67-с бэстибээлин «Бигэ туруктаах дьиэ-кэргэн — дойду бөҕө тирэҕэ!» диэн девизтаах ыытыллына

Максимова А.Е. аатынан саахымат күрэҕэ

Тыыл, үлэ уонна спорт бэтэрээнэ, чэкиистэр Дэһээккин уонна Петров бириистэригэр күрэхтэһии, Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы култуура эстафетатын элбэх төгүллээх кыайыылааҕа Анастасия Егоровна Максимова сырдык кэриэһигэр аналлаах үгэскэ кубулуйбут саахымакка XXII өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолан ааста. Күрэхтэһиигэ Саха сирин араас улуустарыттан, Дьокуускай куораттан, Хатастан барыта 132 саахыматчыт кытынна, итинтэн 88-һа оскуола оҕото. Күрэхтэһии саастарынан арааран оскуола оҕолорун ортотугар …

А.С.Птицына истиэндэтин арыйыы

Сэбиэскэй партийнай салайааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын, судаарыстыбаннай сулууспа, тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа туйгуна, Чурапчы, Булуҥ улуустарын, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Доллу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Чурапчы көһөрүллүүтүн үйэтитээччи, киэн туттар биир дойдулаахпыт Агафья Семеновна Птицына сырдык аатын үйэтитэр тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Ол чэрчитинэн быйыл нэһилиэк түмэлигэр Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгин түмэлин …

Гавриил Романович Десяткин — Күүстээх Дэһээккин 120 сааһыгар аналлаах «Номоххо киирбит Албан аата-Үйэлэргэ умнуллубат!»

Муус устар 7 күнүгэр СӨ үтүөлээх артыыһа С.Н.Сивцев — Доллу аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Киэн туттар биир дойдулаахпыт,милиция майора, «Кыһыл сулус»,»Бойобуой Кыһыл знамя» уордьаннар, «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Германияны ылыы иһин» мэтээллэр, «Милиция туйгуна» бэлиэ хаһаайына, бастакы Саха сирин норуоттарын спартакиадатын абсолютнай чемпиона, саха национальнай успуордун көрүҥнэрин төрүттэспит, дэгиттэр спортсмен Гавриил Романович Десяткин- норуокка биллибит Күүстээх …